Мукучу үрдүнэн хоодуот хотой көтө сылдьарын көрөбүн. Айанньыт көтөр диэн ааттыахпын баҕардым. Кини дойдутун одуулуур, онтон салгыы киэҥ халлааҥҥа тэлэһийэ көтөр. Оо, кини дабайбыт чыпчаалыттан дойду барахсан төһөлөөх киэркэйэн көстөрө буолуой? Бүгүҥҥү дьоруойбун ол хотойго холуубун, кини – Владислав Левчиков.
МУКУЧУ – ХАПСАҔАЙЫМ ДОЙДУТА
2020 сыллаахха блогер Максим Тихонов – Gelixmax Никита Иванов сырдык кэриэһигэр ыытыллыбыт күрэҕи биидьийэ-блог гынан устубутун көрдүм. Ол онно оргуйа турар успуорт эйгэтигэр баар буола түспүккэ дылы буоллум.
Владислав сайын аайы күөл сылаас уутугар сөтүөлээбит, окко — маска үлэлээн эр санаата кииллийбит, кырыа кыһын хаары-мууһу кытта киирсибит дойдутунан Улуу Өлүөнэ өрүһү кытта Бүлүү Эбэ Хотун көрсүһэр ытык сирэ, Унаардаах Эбэ үрдэ, Мукучу нэһилиэгэ, Сайылык сэлиэнньэтэ буолар.
“Мин 1997 сыллаахха төрөөбүтүм. Аҕам Мукучуттан, ийэм Үөһээ Бүлүү Тамалакааныттан төрүттээхтэр. Кинилэр миигин успуорка көҕүлээбиттэрэ, сыһыарбыттара. Ол курдук, бэһис кылааска тириэньэр, энтузиаст, идэтин толору баһылаабыт Михаил Васильевич Ивановка дьарыктанан саҕалаабытым. Кини үтүө түмүктээх үлэтэ сыаналаммыта. 2015 сыллаахха “Хапсаҕай түһүлгэтэ” диэн сааланы туппуттара.
Хапсаҕай диэн саха тустуута. Манна сыыһа тутуннуҥ да, тута кыайтараҕын, дэлэҕэ даҕаны, халбас харата дэниэ дуо? Төрүт успуорт көрүҥнэрин биир сүрүн хайысхата буолар. Хапсаҕай саха тустууктарыгар куруутун олук буолара. Холобур, олимпийскай чөмпүйүөн Роман Дмитриев Тбилисигэ улахан күрэхтэһиигэ Иран киирсээччитин хапсаҕай албастарын туһанан кыайбытын туһунан биллэр”, — диэн кэпсиир дьооруойбут.
Владислав — хапсаҕайга успуорт маастара, кумахха тустууга аан дойду чөмпүйүөнэ, Монголияҕа ыытыллыбыт хапсаҕай аһаҕас күрэҕин чөмпүйүөнэ, “Саха Арена” чөмпүйүөнэ, Роман Дмитриев аатынан норуоттар икки ардыларынааҕы хапсаҕай турнирын призера, өрөспүүбүлүкэ элбэх төгүллээх чөмпүйүөнэ уонна призера.
ДОҔОР СҮРЭҔЭ
Эдэркээн уолаттар барахсаттар, күөх алааска хапсыһан, улуу Коркин иитиллээччилэрин, чулуу тустууктарбыт кэриэтэ алтыһан, бэйэлэрин дойдуларыгар эмиэ хапсаҕай, тустуу, успуорт эйгэтин олохтоон, сырдык санаалары, сыаллары ыраҥалаатахтара буолуо ээ? Арыйаан ырыата өйбөр охсуллар: сарсыардааҥҥы сарыал баарын тухары, сүрэхпэр доҕотторум бука бары, хас биирдии күнү атаарбыппыт бииргэ, ол барыта ааспыта бу сиргэ…
Владислав үтүө доҕоттордоох. Кинилэртэн биирдэстэрин мөссүөнэ суолдьут сулус буолан кыыһар… Кини – Никита Иванов. Уол 2016 сыллаахха эмискэ суох буолбута. «Үөрэх —билии ылаары, үөрэнэ сылдьан олохтон туораабыта абаккалаах бөҕө буоллаҕа. Кини холку, үтүө санаалаах, өйө—санаата улахан киһи курдук этэ. Эт—хаан өттүнэн барыбытыттан лаппа сайдыылааҕа. Миигин баһыйар этэ. Биһиги куруутун күрэстэһэр, илин былдьаһар этибит», — диир Владислав. Биллэн турар, доҕор суох буолуутун курдук ыарахан түгэн олоҕу сыаналыырга, олох ис хоһоонун өйдүүргэ сабыдыал буолара саарбаҕа суох.
Миэхэ биир көрдөөх түгэни кэпсээтэ. Этиллибитин курдук, бэйэ—бэйэлэрин кытта күрэхтэһэллэр ахан эбит. Тириэньэрдэрэ Михаил Васильевич элбэхтэ хайгыыр, атын оҕолорго холобур аҕалар ыччаттара эбиттэр. Биирдэ, дьарыгы көтүтэргэ соруммуттар, аргыстаһан баран иһэн, тус – туспа арахсан дьиэлээбиттэр. Ону Владислав “Ээ чэ, Никита билиэ суоҕа” диэн дьарыкка барбыт. Тиийбитэ – киһитэ номнуо итийэ, дьарыктана турар үһү. Көрбөтөҕө буола—буола турбут…Чэ, ити курдук доҕордуулар бэйэ – бэйэлэрин ситэрсэллэр эбит.
Өссө биир чугас доҕорунан, эмиэ Мукучу ыччата, өрөспүүбүлүкэ бүттүүнэ билэр, былырыыҥҥы Дыгын оонньуларын муҥутуур кыайыылааҕа Алексей Уваровскай буолар.
БИИСИНЭС ЭЙГЭТЭ
Владислав “Pokemon Eevvee” диэн оҕо бырааһынньыктарын ыытар устуудьуйа уонна “Shops_ykt” таҥас маҕаһыынын хаһаайына буолар. Ол туһунан маннык этэр: “Киһи биисинэс арынара олус уустук дьыала. Соҕотох эрэ үлэлиириҥ сатаммат. Устуудьуйаны кэргэмминиин, оттон маҕаһыыны—биир доҕорбун кытта арыйбыппыт. Ол эрээри, бэйэбин урбаанньыппын дэммэппин. Төһө кыалларынан, сатанарынан үлэлиибит – хамсыыбыт. Ойоҕум, доҕотторум баар буоланнар, бэйэбин эркин эрэллээх сананабын. Кинилэргэ улахан махталбын тиэрдиэхпин баҕарабын”.
ЧУУМПУ ДЬОЛ
«М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу—Илиҥҥи федеральнай университет физическэй култуура уонна успуорт институтун бүтэрбитим. Билигин ыксаллаах быһыы—майгы систиэмэтигэр номнуо иккис сылбын үлэлиибин. Таптыыр кэргэннээхпин, үс саастаах кыыстаахпыт. Билигин иккис оҕобутун күүтэбит”, — диир ыалдьыппыт.
Өрүү күлэ—үөрэ сылдьар, доҕотторун кытта көрүстэҕинэ гитараҕа ыллыыр уол, дьиэ кэргэн суон дурдата, халыҥ хаххата, чаҕылхай ыччат маннык баҕа санаатын тиэрдэр: «Саха сирэ – барыбыт иэримэ дьиэтэ. Бэйэ—бэйэбитигэр истиҥник, көрсүөтүк сыһыаннаһыахха, өйөһүөххэ. Дойдум Кэбээйи улууһун ыччатын түмсүүтүгэр баарым. Алексей Никифоров салайара, ол сахтан түмсүүлээхпит. Утум, ситим салҕанар. Билигин бырааппыт Александр Ноговицын ыччаты түмэн үлэлиирин, харахпыт далыгар сайдарын көрөн үөрэбит, киэн туттабыт».
Эльдар Садовников
Фото: Эльдар Садовников