Эркээйи – бэлиэ охсуу, суол арыйыы

Тохсунньу ый 29 күнүттэн саҕалаан Дьокуускай куоракка С.Н.Донской-II аатынан үөрэх сайдыытын уонна идэ таһымын үрдэтэр институтка «Үөрэх тэрилтэтин иитэр үлэтин тиһигэр ‟Эркээйи эргиирэ” бырагыраама ис хоһоонунан оҕону сайыннарар эйгэни тэрийии” диэн биэс күннээх куурус буолан ааста. Саха сирин араас улуустарыттан 70-ча педагог үөрэннэ.

Кэбээйи нэһилиэгин «Кустук» оҕо саада ааспыт сыл ахсынньы ыйыгар өрөспүбүлүкэтээҕи көрүүгэ талыллан, СӨ үөрэххэ уонна наукаҕа министиэристибэтин быһаарыытынан ‟Эркээйи эргиирэ” бырагырааманы олоххо киллэриигэ “пилотнай былаһаакка” быһыытынан талыллыбыта. Кэлэктиип оскуола иннинээҕи саастаах оҕолору сайыннарыыгасахалыы тыыны саҕарга чугаһын уонна бэлэмнээҕин үрдүктүк сыаналаабыттара биһиэхэ улахан үөрүү. Бу үөрэххэ өрөспүүбүлүкэ таһымыгар «Эркээйи эргиирэ» бырагырааманан үлэлии сылдьар уонна пилотнай былаһаакка” аатын саҥа сүкпүт оҕо саадтара, оскуолалар уонна эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрэ муһуннулар.

1992 сыллаахха СӨ оҕолорун уопсастыбаннай холбоһуктарын Сойууһун  көҕүлээһининэн(Н.А.Барашкова, Н.М. Ильина) уонна уйулҕа билимин дуоктара, бэрэпиэссэр А.П.Оконешникова научнай салайыытынан дириҥ ис хоһоонноох Эркээйи” бырагыраама суруллубута. «Эркээйи» бырагыраама өрөспүүбүлүкэбитигэр иитии судаарыстыбаннай тосхолун быһыытынан олоххо киирэн, оҕону төрөөбүт тылга, төрүт култуураҕа уонна историяҕа сыһыаран, үүнэр көлүөнэни саҥа үрдэлгэ таһаарбыта.Бырагыраама 1990, 2000 сылларга бэйэтин сыалын-соругун ситэн, кэлиҥҥи кэмнэргэ уоста быһыытыйбытын ааптардар саҥардан, ис хоһоонун байытан, атын ирдэбиллэри туоран, атын таһымҥа сайыннаран, далааһыннаах үлэни тэрийэн эрэллэрэ хайҕаллаах.

Саҥардыллыбыт бырагыраама киирии тылыгар маннык сурулла сылдьар: Билиҥҥи оҕолор сайдан, ситэн-хотон киһи буолан, олохторун оҥостоллоругар ыарахаттар үөскээтилэр.

Бастакытынан. Сайдыы эйгэтин хас түөлбэ, оскуола, дьиэ кэргэн аайы тэрийии бытаан, ордук «Мин киһибин» («Я – личность”) бэйэм бэйэбин билинэбин,  салайынабын, сайыннарынабын диэн тус бэйэҕэ туһаайыылаах үөрэх (рефлексивное образование) суоҕун кэриэтэ.

Иккиһинэн. Төрөппүт, иитээччи, учуутал бэйэтин уһуйааччы таһымыгар таһаарынар өйө-санаата уһукта илик.

Үсүһүнэн. Оҕолор үтүө өйдөрүн-санааларын байытар хамсааһыны аныгы тэрил көмөтүнэн далааһыннаахтык тарҕатар хайысханы толору «тута» иликпит.

Төрдүһүнэн. Дьон-сэргэ, ордук куорат уонна киин сир олохтоохторо, куттара-сүрдэрэ уларыйан, оҕо инники кэскилин көрбөккө, күннээҕинэн олоруу, күннээҕинэн астыныы өйө-санаата олохсуйан эрэрэ дьиксиннэрэр.

Бэсиһинэн. Кэлиҥҥи кэмҥэ үксүн тас тэрээһин таһымынан барар үлэни ыыттыбыт, оҕо, ыччат кута-сүрэ бөҕөх буолар эйгэтин кыайан олохсуппатыбыт.

Билиҥҥи кэм өйдөбүлүгэр сөп түбэһэр уларыйыыны хааччыйар туһуттан бу курдук ирдэбиллэр кытаанахтык туруоруллуохтаахтар”.

1) Оҕо саадыгар, дьиэ кэргэҥҥэ, оскуолаҕа, оҕо уопсастыбаннай түмсүүтүгэр, түөлбэҕэ, эбии, орто уонна үрдүк үөрэхтээһиҥҥэ – бары эйгэҕэ барытыгар, норуот үгэһигэр, төрүт култууратыгар, үгэһигэр, дьарыгар тирэҕирэн, оҕо киһи тыыннаах, омук майгыннаах буоларын ситиһэр “Өй-санаа” уонна “Дьарык” эйгэтин (Степанова В.Е.) тэрийии.

2) Айыы киһитэ ситэригэр өрөспүүбүлүкэҕэ олорор норуот барыта кыттыахтаах, бэйэтин тылын, төрүт култууратын, үгэстэрин, сиэрин-туомунсайыннарыахтаах.

3) Оҕо быраабын көмүскээһин, оҕо уопсастыбаннай түмсүүтүн өйөөһүн, араас социальнай уоннагражданскай холбоһуктары кытта биир ситимҥэ киириитэ тэриллиэхтээх.

4) Төрөппүт тус бэйэтин оҕото сайдарыгар, сатабыла олохсуйарыгар, олоҕор сөптөөх суолу тутуһан, эппиэтинэстээх, сиппит-хоппут киһи буолан тахсарыгар бэйэтэ сүрүн күүс буоларын өйдүүрүн хааччыйыы.

«Эркээйи эргиирэ» бырагыраама XXI үйэ хардыытыгар сөп түбэһиннэрэн саҥалыы ис хоһоономмута уонна саҥа соруктары туруорбута кини аатытттан да көстөр: «Оҕо уонна ыччат сайдар эйгэтин тэрийии эркээйитэ» диэн буолбут. Ол аата “иитии” диэн өйдөбүл “сайыннарыы” диэнинэн солбуллубут.  

Эркээйи диэн тыл бэлиэ охсуу, “суол арыйыы”диэн суолталаах эбит. «Төрөппүт, учуутал, иитээччи бэриллибит эркээйинэн сирдэтэн, бэйэтэ суолу-ииһи, ньыманы таларыгар толору көҥүл бэриллэр. Кыра оҕо кинини үтүктэр, эккирэтэр; обургу оҕо тэҥҥэ барсар; улахан оҕо, ыччат арахсан туспа бэйэ суолун-ииһин булунан салгыы эркээйи охсунар», – диэн бырагыраама ааптардара бэрт табыгастаахтык быһаараллар.

Бу бырагыраама олоххо киирэрэ: оҕону төрүөн инниттэн омугун тылын, култууратын, төрөппүтүн тапталын, баҕатын иҥэринэригэр, кыра сааһыттан айылҕаттан айдарыытын булунарыгар, улаатан истэҕин аайы уһуйуллар, бэйэтин бэйэтэ уһуйунар, сайыннарынар, салайынар сиэрдээх буоларыгар, атын омук тылын, култууратын төрөөбүт тылыгар олоҕуран баһылыырыгар,  хайа баҕарар омугу кытта тэҥ сыһыаннаах киһи буола үүнэригэр – оҕону анал эйгэҕэ, дьарыкка, турукка киллэрэн тэрийэртэнулахан тутулуктаах”, – диэн ааптардар сиһилии кэпсээтилэр.

Саҥардыллыбыт “Эркээйи” (“Эркээйи эргиирэ”бырагыраама) кэнники сылларга Арассыыйа Бэдэрээссийэтигэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тахсыбыт сокуоннарга, уураахтарга, кэнсиэпсийэҕэ олоҕурар. Бырагыраама «Арассыыйа Бэдэрээссийэтэ 2025 сылга диэри иитии үлэтин сайыннарыы стратегиятын» олоххо киллэрэргэ ананар, онон 2028-2030 сылларга диэри туттуллуон сөп.

Кууруска бырагыраама айар бөлөҕүн салайааччыта Татьяна Михайловна Ильина, педагогическай билим хандьыдааттара: Валентина Егоровна Степанова, Екатерина Петровна Чехордуна, Наталья Петровна Карпова, профессор Галина Семеновна Попова – Санаайа, научнай үлэһит Диана Гаврильевна Ефимова, мэтэдьиис Геннадий Иванович Охлопков лекцияларынуонна бу бырагырааманан үлэлии сылдьар «Айыы кыһата» оскуола, «Сэргэлээх» лаборатория-оскуола учууталлара үлэлиир суолу-ииһи сырдатан биэрэллэрин таһынан практическай үлэлэри оҥортордулар, аһаҕас онлайн-уруоктары ыыттылар.

«Кустук» оҕо саада улууска саха фольклорун былаах курдук күөрэччи тутан кэлбит тэрилтэлэртэн биирдэстэрэ буолар. Онон Эркээйи эргиирэбырагырааманан үлэлииригэр улахан уустуктарыкөрсүбэтэ биллэр. Былааннары, бырайыактары сөргүтэн, олор ис хоһооннорун дириҥэтэн, сыалларын-соруктарын чопчулаан биэрдэҕинэ, биир кэлим сахалыы тыыннаах, Айыы тыыннаах эйгэни тэрийэн үлэлээтэҕинэ, төрүт өй-санаа үөрэҕэр төннүү түстэниэҕэ.

Татьяна Максимова-Лазарева