Өбүгэ үгэһин сөргүтэн

2006 сыллаахтан Сахабыт сиригэр сэтинньи 25 күнэ – Олоҥхо күнүнэн биллэриллибитэ. Бу тэрээһини ыытыы кэлиҥҥи кэмҥэ үгэскэ кубулуйда. Ол курдук, Кэбээйитээҕи “Сайдам” норуот айымньытын киинигэр, сэтинньи 24 күнүгэр “Өбүгэ үгэһин сөргүтэн” – диэн фольклорнай концерт тэриллэн ыытылынна.

С. Васильев «Мөҥүрүүр  Бөҕө» олоҥхо — композицияны А.П. Терехова салайааччылаах  «Тэбэнэт» оҕо театра фольклорнай кэнсиэри аста. “Тэбэнэт” оҕо театра, ойуулаан-дьүһүннээн сценаҕа аан бастаан бухатыырдар мүччүргэннээх сырыыларын хоһуйан көрдөрдүлэр. “Чэй эрэ!” — С.С. Кривошапкина үөрэнээччилэрэ, фольклорнай ансаамбыл кыра бөлөҕө “Алампа хоһоонноро, ырыалара” диэн хоһоону аахтылар, бөлөх уус-уран салайааччыта С.Н. Тимофеев, үлэлэһэр педагогтарынан – С.П. Слепцова, З.В. Максимова буолаллар. Үйэлэр тухары көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн испит дириҥ ис хоһоонноох  «Эр Бэрдэ Элик үтүөтэ Эрдьигэн Бэргэн» олоҥхону М.П. Ноговицына, Е.И. Терехова 5 кылааһын үөрэнээччилэрэ оонньоон көрдөрдүлэр. Т.Д. Максимова салайааччылаах — Юля Терехова С. Васильев “Эрчимэн Бэргэн” олоҥхоттон быһа тардыыны толорон, көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылла.

Бу курдук, олоҥхо Аан дойдуга хайдах айыллыбытын, үөскээбитин, саха омук хайдах сайдыбытын, майгытын-сигилитин, өйүн-санаатын, айылҕа модун күүһүн кэпсиир сүдү айымньыга анаммыт фольклорнай кэнсиэр ситиһиилээхтик ааста.