Сайылык «Дайан» сынньалаҥ киинэ күндү көрөөччүлэрин, көрү-нары көҕүлүттэн тутааччылары түмэ тарта. «Дэриэбинэчээн» норуот тыйаатырын саҥа саҕалааччы, ыччат ону тэҥэ сүрүн артыыстарын үҥкүүтүнэн дьээбэ-хообо киэһэтэ саҕаланна. Бу киэһэ ыаллыы сытар I-кы Лүүчүн үһүс кылааһын үөрэнээччилэрэ, II-с Лүүчүн төрдүс, алтыс кылааһын үөрэнээччилэрэ, Хампаттан «Үс Сулустар» бөлөх ону тэҥэ Мукучубут дьоно-сэргэтэ кыттан көр-күлүү үксээтэ, быары быһар бэтиэхэ дэлэйдэ.
Күрэх түмүгүнэн оҕолорго кыайыылааҕынан Мастаахтан «8 марта» сыаҥканан төрдүс кылаас үөрэнээччилэрэ буоллулар. Кэпсэтии көрүҥэр бастыҥынан Баҕадьа үһүс кылааһын чабырҕахсыттара ааттаннылар. «Бэтиэхэ уол» анал аат Эрсан Яковлевка онтон «Бэтиэхэ кыыс» Сайаана Кононоваҕа тигистэ. Күрэхпитигэр «Кэнчээри» уһуйаан иитиллээччитэ Аиша Алексеева «Саамай кырачаан кыттааччы» буолла. «Оригинальный жанр» көрүҥэр Эркэн Кривошапкин, Саша Находкин бастаатылар.
Улахан дьоҥҥо «Бастыҥ дьахтар оруола» анал ааты Варвара Софронова ылла. «Музыкальный жанр» көрүҥэр Хампа нэһилиэгиттэн «Үс Сулустар» бөлөх бастыҥынан ааттаннылар. Кэпсэтии жанрыгар «Кэскил» түөлбэ «Ватсап» сыаҥкатынан биһирэннэ.
Ону тэҥэ «Эрэл» түөлбэ олохтоохторо Варвара Софронова, Клементина Каримова
«Капитальный ремонт» сыаҥкаларынан кыайыылаах буолан үөрүүбүт үксээтэ. «Дэриэбинэчээн» НТ режиссера Саргылана Иванова бүгүҥҥү күрэххэ кыттыбыт Варвара Софронованы сыанаҕа сүрэхтэммитинэн уонна артыыс быһыытынан норуот тыйаатырыгар киирдиҥ диэн үрдүк сыанаттан эҕэрдэлээтэ.
Тыйаатыр абылыыр күүһүнэн ситимнэнэн дьээбэрэҥ киэһэтигэр көрөөччү ытыс тыаһын доҕуһуола, астына, дуоһуйа сынньаныыта хас биирдии артыыска, кыттааччыга дьол буоллаҕа. Тэрээһин туһунан суруйуубун бу курдук кынаттаах тылларынан түмүктүүбүн:
Арчылыы арыллар быыс нөҥүө
Артыыс астык айана салҕаннын!
Абылыыр күүһүнэн ситимнэнэн
Астыммыт көрөөччү элбээтин!
Вера Прокопьева