«Дабаан» — 80 сыла: Хаһыат — олох летопиһа

Ыам ыйын16 күнүгэр тапталлаах улууспут хаһыата «Дабаан «(«Саҥа олох») 80 сылынан нэһилиэккэ, ыччаттарга тэрээһин буолла. Хаһыат биир бастакы ааптара, учуутал-поэт Иван Петров «Саҥа олох» хоһоонунан тэрээһиммитин арыйдыбыт. Хоһоону В.Е. Колмогоров аатынан оскуола саха тылын литературатын учуутала Мария Яковлева дорҕоонноохтук аахта. Хаһыат устуоруйатын туһунан олохтоох библиотека үлэһитэ Мария Обутова билиһиннэрдэ.

Сииттэбит нэһилиэгин бастакы селькордарын туһунан, краевед- учуутал Анна Сивцева сиһилии кэпсээтэ. Оскуола үөрэнээччилэрэ Дайаана Николаева, Айыына Попова, Виолетта Сергеева, Оля Тимофеева, Ира Гуляева, Ньургун Сивцев, Василина Петрова «Дабаан» хаһыакка тахсыбыт ыстатыйаларын туһунан кэпсээтилэр, суруйарга үөрэтэр -такайар салайааччыларыгар Анна Лазарьевнаҕа махталларын тиэртилэр. Суруйар оҕолорго «Дабаан» хаһыат редакционнай коллективын аатыттан «Махтал суруктары» Анна Сивцева туттарда.

«Дьулуур» уолаттар ансамбыллара ( сал. Л.К. Попова) «Сахам сирэ» диэн ырыаннан эҕэрдэлэрин тиэртилэр. Итини таһынан «Хаһыат — олох летопиһа» диэн быыстапканы ааҕааччыларга анаан олохтоох библиотека уонна оскуола библиотеката (библ.Г.В. Степанова) тэрийдилэр, слайд көрдөрүлүннэ. Бүгүҥҥү тэрээһини АФ суруналыыстарын сойууһун чилиэннэрэ, общественнай корреспонденнар А.Л. Сивцева уонна М.С. Обутова иилээн саҕалаан ыыттылар.

Мария Обутова, Сииттэ нэһилиэгэ.