Дьаарбаҥкаҕа 1000-тан тахса ас арааһа атыыланна

Бу ааспыт өрөбүллэргэ сылын аайы ыытыллар тыа хаһаайыстыбатын аһын-үөлүн оҥорон таһаарааччылар быыстапка-дьаарбаҥкалара буолла. Сарсыарда 9 чаастан Сангаар олохтоохторо Саҥа дьыллыыр, кыһыны туоруур астарын ылаары уочараттаабытынан бардылар.

Илья Алексеев, улуус баһылыгын солбуйааччыта:

“Уон нэһилиэктэн 23 хаһаайыстыба кэлэн, астарын-үөллэрин атыылыы тураллар. Кинилэр быыстарыгар  Сангаар бөһүөлэгин кэтэх хаһаайыстыбалара эмиэ кыттыыны ылбыттарын бэлиэтиэххэ наада. Сылтан сыл нэһилиэктэр сүрдээх тэрээһиннээхтик кэлэр буоллулар, ол курдук атыылыы турар сирдэрин киэргэтэртэн саҕалаан, нэһилиэктэрин олоҕун, ситиһиилэрин туһунан билиһиннэрэллэр. Дьүүллүүр сүбэҕэ сылдьан, анаан-минээн ааҕан көрдүбүт, 1000-тан тахса ас арааһа аҕалыллыбыт. Бу баччалаах улахан арочнай сааланы толору атыы-тутуу буола турара да тэрээһин бэркэ ыытыллыбытын кэрэһилиир.Түгэнинэн туһанан, Кэбээйи улууһун олохтоохторун, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар дьону кэлэн иһэр 2024 сылынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!

Сардана Ноговицына, Чагда бөһүөлэгин олохтооҕо:

“Чааһынай хаһаайыстыбабытыгар 24 төбө ынах сүөһүлээхпит, билигин элбэтэр сорук турар. Сэттэ оҕолоохпут, бары ынах ыыллар,оттоһоллор, көмөлөрө баһаам. Билигин 14 саастаах кыра оҕобут сүөһүтүн көрө-истэ хаалла.

Дьаарбаҥкаҕа 7 чаас айаннаан кэллибит, суорат, сүөгэй, арыы, эт, отон, уо.д.а.  астары  аҕалбыппыт. Барыта бүттэ, атыыланна. Маннык дьаарбаҥка тэриллэрэ наһаа үчүгэй эбит, кэлэн уопут ылан, элбэҕи билэн-көрөн, бородууксуйабытын батаран баран эрэбит.

София Кобякова, “Томтор” кээпэрэтиип салайааччыта:

“Биһиги бу дьаарбаҥкаҕа сыл аайы кыттабыт, Сангаар дьоно-сэргэтэ күүтэрин-кэтэһэрин билэбит. Быйыл да үрүҥ ас арааһын аҕалбыппыт барыта атыыланна. Онон биһиэхэ да, Сангаар олохтоохторугар да икки өттүттэн барыстаах тэрээһин буолар. Бука барыгытын кэлэн иһэр саргылаах Саҥа дьылынан эҕэрдэлиибин! Доруобай, дьоллоох буолуҥ, саҥа сүүрээннэр, санаалар, идеялар киирдиннэр.

“Олохтоох оҥорон таһаарыы” быыстапка-дьаарбаҥка түмүгүнэн хас да анал аат туттарылынна. Ол курдук 1000-тан тахса киһилээх нэһилиэктэргэ 1 миэстэни Мукучу нэһилиэгэ ылла, 1000-тан аҕыйах киһилээх нэһилиэктэргэ сииттэлэр бастаатылар. 100 төбөттөн үөһэ сүөһүлээх, сылгылаах предприятиеларга эбэтэр бааһынай-фермерскэй хаһаайыстыбаларга “Сайылык” СПК таҕыста, оттон бастыҥ подсобнай хаһаайыстыбалааҕынан Марианна Сивцева (Сииттэ) ааттанна. Аһы-үөлү  оҥорон таһаарар бастыҥ тэрилтэнэн “Томтор” СПК (Кэбээйи) буолла. Килиэп-буулка астарга бастыҥынан ИП ГКФХ Николаева Софья Денисовна ааттанна, оттон кондитерскай оҥоһуктарга бастыҥ анал ааты Филия Алексеева (Куокуй) ылла. Биир саамай интэриэһинэй күрэҕинэн саамай эмис эт хантан кэлбитэ буолла. Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан, “Эмис ынах этэ” анал аат хаһаайынынан Иван Софронеев (Куокуй), “Эмис убаһа этэ” анал аат кыайыылааҕынан Семен Аргунов (Чагда), “Бөдөҥ собо” анал аат хаһаайынынан Николай Левин (Мукучу) буоланнар, кыайыы өрөгөйүн биллилэр.

Дьаарбаҥка кэмигэр анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарга көмөлөһөр сыаллаах лотерея ыытыллыбыта. Элбэх киһи кыттан, өттүк харалаах, илии тутуурдаах дьиэлээтилэр. Оттон улуус дьаһалтата туруорбут супер бирииһин – ноутбугу Сангаар олохтооҕо сүүйдэ, Сангаар бөһүөлэгин дьаһалтата туруорбут супер бирииһэ – ларь Чагдаҕа “айаннаата”.  Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар, үрүҥ аһы үрүлүтэр, хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи иитэр тыа сирин дьонугар барҕа махтал буоллун. Эһиил көрсүөххэ диэри!

Антонина Эверстова