Тыайаҕа «Эр хоһуун» диэн эр дьон бэлэмнээбит бэрт сэргэх тэрээһиннэрэ буолла. Манна Юрий Гуляев Василий Килижековтыын дуэттара, Дьулустан Аргунов, Давид Соколов, Николай Дьяконов истиҥ ырыалара, Ньургун Дьяконов Юрий Гуляевтыын көрдөөх сценкалара, эр дьон ансаамбылын ырыата, хоһоон ааҕыыта, бэрт чэпчэкитик чохчоохой үнкүүлээбиттэрэ дьон дохсун ытыс тыаһынан эҕэрдэлэннэ. Нэһилиэк библиотекара Комсомол күнүн көрсө ыйытык бэлэмнээн ыыппыттара, көрөөччүлэри оонньоппуттара тэрээһини тупсаран биэрдэ.
Н.Х. Дьяконов аатынан Тыайа орто оскуолата ас-үөл ярмаркатын ыытан, киирии билет төлөбүрүн кытары, оҕобутугар, Эрсаан Гуляевка ыарахан ыарыыттан эмтэнэригэр көмө быһыытынан ыытылынна. Тэрээһини көрө кэлбит олохтоохтор эр хоһууттарбытын хайҕал тылларын анаатылар, киэһэлэрэ бэрт сэргэх буолбутугар махтанан тарҕастылар.
Екатерина Архипова.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.