Бүгүн саха сэбиэскэй литературатын төрүттээбит дэгиттэр талааннаах суруйааччы, учуонай-лингвист, политическай уонна общественнай деятель Платон Алексеевич Слепцов – Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сыла. Хараҥаттан сырдыкка саҥа тахсыбыт төрөөбүт норуотун иннигэр оҥорбут үтүөтэ – «кэхтибэт кэрэкэ тыллара» саха литературатыгар уонна култууратыгар саҥа ааттары уонна үүнүү-сайдыы аартыктарын арыйбыта. Кэбээйи суруйааччылара уонна айар интеллигенцията бары Ойуунускай айар үлэтигэр тирэҕирбиттэрэ. 1966 с-ха олохтоммут П. А. Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреаттара, биир дойдулаахтарбыт: СӨ норуодунай суруйааччыта В.Н. Федоров (2000), СӨ норуодунай худуоһунньуга П.А. Захаров (2003), сахалартан бастакы композитор З.К. Степанов (2005), СӨ норуодунай суруйааччыта Н.А. Лугинов (2013), СӨ норуодунай артыыһа А.П. Николаев (2017), АФ норуодунай артыыһа А.С. Борисов (2023).
Ааҕыаҕыҥ биир дойдулаахтарбыт Ойуунускайга анаабыт хоһооннорун.
Тимофей Егорович Сметанин – буойун-поэт, саха норуодунай поэта Семен Данилов өссө 70-с сылларга «Ойуунускайдыын кэпсэтии» диэн поэматыгар Тимофей Сметанин туһунан маннык суруйбута: «Кэлэн аастылар эн суоххар Күлүм гынаат умуллан, Сметанин – улуу саха, Федоров – үрдүк талаан».
Былатыан суолунан бардарбыан
Уус-уран айымньы
Сүлүһүн сүмэтин уулааммын,
Оҥорсор олоҕум долгуйар муоратын
Күɵх унаар кырсынан дайаммын,
Табытал хамсатан тайааран
Кɵччүйэр күɵрэгэй буоламмын,
Охсуhар сатаны туойдарбыан
Yɵрүүнэн-ырыанан туолларбыан.
Муораттан муораҕа кɵрүлүүр,
Очуостан охсуллан уйулуур
Имэҥнээх илбистээх тылынан туоламмын
Муусука сүрэҕэ буолларбыан,
Былатыан суолунан бардарбыан!
Иван Романович Петров – Кэбээйиттэн бастакы саха тылын учуутала, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, поэт, репрессия сиэртибэтэ.
Платон Ойуунускай тыллара
Ойуунускай ох тыллара –
Сардаҥаттан үүнэр күммүт
Саһарҕатын кыыһар кыымнара,
Төлөһүйэн үөскүүр ыччатым
Төрөөбүт саҥатын сайдыыта.
Ойуунускай ох тыллара –
Саха сирин сырдык дьылҕатын
Саас тыллар бастыҥ ньургуһуна,
Ас кутар бурдукпут куолаһын
Араҕас киистэтин сыдьаайа.
Ойуунускай ох тыллара –
Суорба хайа кумах рудатын
Сууйан булар көмүс аалыыта,
Эрдээх норуот айар талаанын
Эргэрбэт тыыннаах араскыыта.
Ойуунускай ох тыллара —
Тоҥ Дьааҥыбыт хара саарбатын
Толбонноох уорҕатын ньургуна,
Алмаас таас абылаҥ суолтатын
Аламай чаҕылын сарыала.
Ойуунускай ох тыллара —
Үс саха төрүөҕүн уһуйан,
Үйэттэн үйэҕэ таптаныа,
Араас тыл уустугар кутуллан,
Аан дойду үрдүнэн тарҕаныа.
Иосиф Григорьевич Кобяков — Россия Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, физик–ядерщик идэлээх бэйиэт, Кэбээйитээҕи кыраайы үөрэтэр музей үлэһитэ.
Ойуунускай
Ойуунускай улуу убайбыт
«сэриинэн сэтэрбит,
уотунан умайбыт»
былаас солбуллар
былдьаһыктаах күннэригэр,
олох уларыйар
охсуһуулаах кэмнэригэр
былаайахтаах дүҥүрэ
барабаан буолбуттара –
батталы түҥнэрэр
тойугу туойбуттара.
Онтон баара
«олоҥхонон үлүһүйдэ» диэн омнуолаан,
«омугумсуйууга оҕунна» диэн буруйдаан
турууласпыт, туругурпут былааһа
уурбута убайбыт баһын былаахыга.
…Хаар түһүө, хаар ууллуо –
урукку охсуһуу дуораана умнуллуо,
Хаалыахтара арай омукпут тылыгар,
хас саха киһитин сүрэҕэр-быарыгар,
хараҥаҕа даҕаны тырымныы тыллар
ойуун, олоҥхо, оһуохай диэн тыллар
уонна
норуотун туһугар күлүбүрүү умайбыт
улуу Ойуунускай убайбыт.
Бэчээккэ бэлэмнээтэ Вера Заровняева, Кэбээйи