Арыктаахха сэргэх тэрээһин

Кулун тутар 15 күнүгэр Чагда бөһүөлэгэр 1975 сыллаах выпусктар тэрийбит тэрээһиннэрэ “Ньидьилибит оскуолата — олохпут олуга” кинигэ презентацията буолла.

Иккис күнүгэр Арыктаах нэһилиэгэр В.А. Штыров аатынан спортивнай саалаҕа “Ньидьилибит оскуолата — олохпут олуга” диэн саҥа тахсыбыт кинигэ ааптара Мария Григорьевна Константинова бирииһигэр теннис уонна дуобат күрэхтэһиилэрэ ыытылынна. Тенниска I миэстэни Чагдаттан Иван Иванов, II миэстэни Сардаана Татаринова, III миэстэни Гоша Ноговицын, 9-с кылаас үөрэнээччитэ, ыллылар.

Дуобакка I миэстэҕэ Дьокуускайтан Макар Макарович Яковлев, II миэстэҕэ Федоров Афанасий, Чагда, III миэстэҕэ Арыктаахтан Ноговицына Саина тигистилэр. Күрэхтэһии кыайыылаахтарыгар бриллиант уонна грамота туттарылынна. Биир дойдулаахпыт  Виктор Петрович Ноговицын ааптарскай кинигэлэрин Арыктаах орто оскуолатыгар бэлэхтээтэ. Ону таһынан бу спортивнай сааланы туттарбыт  Андрей Георгиевич Ноговицын кыттыыны ылан кэлэ сырытта. Онон сандал сааһынан улахан турнир буолан, спорт өттүгэр улахан сэргэхсийии буолла. Спортивнай тэрээһиҥҥэ олохтоох мелодиспыт Сергей Ноговицын ырыаларын бэлэхтээтэ, Чагдаттан мелодист Иван Иванов авторскай ырыаларын толордо.

Петр Ноговицын.