Арыктаах нэһилиэгэр «Айылгы» культура сынньалаҥ киинигэр аҥа саастаах кырдьаҕастарга аналлаах эҕэрдэ киэһэтэ олус сэргэхтик ааста.
Аҕа саастаах күндү дьоммутун нэһилиэкпит баһылыга Ангелина Сивцева эҕэрдэлээтэ. Ол кэнниттэн нэһилиэкпит талааннаара ырыаларын бэлэх ууннулар. Арыктаах орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ Владилана Охлопкова уонна 8 кылаас үөрэнээччитэ Лидия Ноговицына «Ыллаан таптал ырыатын» толордулар. Бөһүөлэкпит талааннаах ырыаһыттара Владислав Егоров, күндү көмүс куолас Наталья Ноговицына, эдэр ырыаһыт элбэх конкурс кыттыылааҕа Петр Ноговицын уонна элбэх ырыа автора самодеятельнай мелодист Сергей Ноговицын эҕэрдэлэрин ыллаатылар. Нэһилиэкпит библиотекатын библиотекаря Мария Ноговицына араас оонньууну оонньотто, викторина тэрийдэ. Кырдьаҕастар бу дьоро киэһэҕэ уруккуну-хойуккуну сэһэргэстилэр.
Арыктаах аҕа саастаах күндү дьоннорбутугар олус сэргэх биэчэр буолан ааста.
Петр Ноговицын.