Кулун тутар 21-22 күннэригэр Кэбээйи улууһун делегацията, култуура управлениетын начальнига Алексей Терехов салайан баран кыттан кэллибит.
Мэҥэ Хаҥалас-Амма кыраныыссаларыгар Эмис нэһилиэгин баһылыга П.П. Бубякин уонна
баһылык солбуйааччыта А.А. Кириллина сахалыы таҥастаах эҕэрдэлии көрүстүлэр .
Амма Норуот Айымньытын Дьиэтин ааныгар сахалыы сайбаччы таҥныбыт Далбар Хотуттар дэйбиирдээх, иһирдьэ айан дьонун алаадьылаах, итии үүттээх чэйдээх эйэҕэстик көрүстүлэр. Научнай практическай конференциябыт саҕаланна. Бэлиэтэнэн бараммыт , «Амма Олоҥхо Ыһыаҕын утума уонна сайдыыта» диэн пленарнай мунньаҕын көрдүбүт, иһиттибит, үс түһүмэҕинэн Саха Сирин историятын чинчийбит бары үтүөлээх, биллиилээх, үгүс билиилээх учуонайдар, бөлөһүөктэр бэрт киэҥ дириҥ өйдөбүллэри ырытыһыы буолла.
Амматтан төрүттээх учуонайдар сэдэх артефактары булан, сахалар төрүт түҥ былыр Х-XI үйэҕэ көмүүлэрин, сэдэх малларын-тэриллэрин булбуттара, чахчы Аммаларга сэдэх бэлэх буолар диэн, Р.И. Бравина үөрүүлээх сонуну иһитиннэрдэ.
«Амма Фольклора» кинигэлэрэ, эмиэ биһиэнинии, номоҕунан, үһүйээнинэн баай, полевой экспедициянан хомуллан, таһаарыыга бэлэмнэнэ сылдьарын туһунан Амматтан биллиилээх эдэр учуонай олоҥхоһут Юрий Петрович Борисов кэпсээтэ.
Кини Амма нэһилиэктэрин бэйэтэ, балаҕаннаах ыалларын кэрийэн, былыргылыы соболоҥноох олоҥхолооһуну сөргүтэн, олоҥхолуу сылдьан уос номоҕун хомуйан уһулбут, суруйбут эбит. У.А. Винокурова Өймөкөөҥҥө былырыын ыытыллыбыт «Айыы Санаа Айана» концепциялаах ыһыаҕыттан үтүө холобурдары сырдатта: «Хас биирдии ыытыллыбыт Олоҥхо Ыһыахтара сүрүн идеялаах күлүүс хаттык санаанан салайтаран ыытыллар, ол быһыытынан Амма геополитическай суолталаах ытык сир буоларына , сахаттан бастакы академик Ларионов тахсыбытынан, өй санаа күүрээнинэн туруулаһан саҥа сайдыы таһымыгар тахсарга туһууланнын» диэн сыал-сорук ыйан биэрдэ .
Конференция ыҥырыылаах ыалдьыттарынан, Корея үс учуонайдара буоллулар. Саха олоҥхотун корейдыы тылбаастаабыт Канг Дуксу, Ханкук омук тылларын университета уонна СВФУ профессора , олуттаҕас соҕус да буоллар , уу сахалыы саҥаран эҕэрдэлээн тыл эттэ. Пленарнай мунньах кэнниттэн, икки күн устата араас темалаах олуктарга сырыттыбыт. Биир бэйэм хас да эбитим буоллар, бары ыытыллыбыт 15 олуктарга сылдьан көрөн истиэ эбиппин да, биир кэмҥэ тэҥҥэ араас сирдэргэ буолбут олуктары төһө сатанарынан, булбуппунан сылдьан көрдүм, иһиттим. Ол курдук идэбинэн буоларыныы, айар дьоҕурдаахтар быыстапкаларыгар Аммаларга олоҥхо тематынан куукула оҥоруута сайдыбыт эбит дии санаатым. Кылынан, сиэлинэн сөрүө, олбох өрүү төрүт үгэһиттэн ураты, кылтан сиэлтэн аппликациялаан олоҥхо сюжеттарынан паннолар бааллар. Саха итэҕэлин айыыларын быысапкалаан СӨ норуот маастара буолбут Валентина Стручкова — Сарыаданы биир идэлээх үөлэннээхпин үөрэ көрсүһэн сэлэстибит. Кини сүрүн үлэлэрин үксүтэ, Амма Арчы Дьиэтин уонна Балаҕанын ис барааннарын, сахалыы тыыннаан, симээн туралларын сэһэргээн үллэһиннэ.
Кэбээйиттэн төрүттээх бэйэбит кыыспыт Аммалар кийииттэрэ, СӨ Уус-Уран Оҥоһуктарын Маастара Соловьёва Варвара Александровнаны көрүстүм. Кини СВФУ С. И. Петроваҕа фундаментальнай курсугар уһуйуллубута, онон Аммаҕа «Өбүгэ таҥаһа саба» маастар кылаас тэрийэн ыытта, элбэх киһи сылдьан ньэмиэт ылан үөрэнэн барбытыттан астыммытын кэпсээтэ.
Симэх маастардара араас көрүҥнэргэ хас да маастар кылаастары тэрийбиттэригэр, дьон сылдьан көхтөөхтүк үөрэннилэр, ол курдук туойунан саха иһитин оҥоруу ньымаларын киирэн көрдүм. ЯХУ-ттан ювелирдар саха өбүгэ төрүт симэҕин ытарҕалары оҕуруоттан, туруйа сототуттан таҥан хомуйан оҥороллорун көрдөрдүлэр, эдэр кыргыттар маастар кылаас түмүгэр, бэлэм деталлартан бэйэлэрэ таҥан ытарҕа, суһуох симэх кэтэн бардылар .
Ити кэннэ мин бэйэм эдэр эрдэхпиттэн үҥкүүлүүрбүн сөбүлүүрүм бэрт буолан, түбэспиччэ «Түөлбэ Оһуохайдара» олукка сылдьан араас улуустар докладтарын олус сэргии иһиттим, улуус улуус оһуокайын уратылаһар теориятын уонна практикаҕа хаамыыларын, хамсаныыларын үҥкүүлээн көрдөрбүттэригэр киирэн, үҥкүүлэһэн астынан дуоһуйдум. Түгэнинэн туһанан, бэйэбит улууспут Олоҥхо Ыһыаҕар Түөлбэ Оһуохайа күөн күрэһигэр бэйэбит оһуохайбытын Кэбээйи былыргытын соҕотох билээччи төрүт култуураны илдьэ сылдьааччыбыт, тумус туттар ытык киһибит С.Н. Тимофеев — Ыллык: «Кэбээйилэр түҥ былыргы табалаах сахалар сыдьааннарабыт диэн, бэйэбит туспа таҥастаах, ураты хамсаныылаах, ырыалаах, үҥкүүлээх сиэрдээх туомнаах ураты тыыннаах күөл култууралаах улууспут»- диэн, билэрин тиэрдэ, үллэстэ сатыырын, болҕомтоҕо ылан Кэбээйилии Оһуохайын үөрэтэн толорон тарҕатарга ылсан үлэлэһиэххэ диэн этиилээхпин. Ол курдук улууспут бары нэһилиэктэрбит кырдьаҕастарыттан токкоолоһон ыйыталаһан, сурунан, чинчийэн туох уратылаахпытын барытын, кыраайы үөрэтээччилэр кытаатыҥ, хомуйаммыт дойдубут ураты тыынын сүһэн ылан, кэлэр көлүөнэлэргэ тиэрдэр гына Олоҥхо Ыһыаҕар көрдөрөрдүү дьаһаныаҕыҥ диэн ыҥырабын .
Инники пленарнай мунньахха этиллибит, былыргы Х-XI үйэтээҕи хаһыылартан булуллубут раритет буолан турар түмэллэрин сэдэх экспонааттарын көрөн, түһэрэн сэҥээрэ сылдьан, кореецтэрдиин хаартыскаҕа түһүстүм уонна тележурналист ыйытыыларыгар хоруйдаан кылгас интервью биэрдим.
Киэһээ Эмис нэһилиэгэ туруорбут испэктээк олоҥхолорун көрдүбүт. Музыка, доҕуһуол өттүн кыайа-хото туһанан, куоластарынан бырдах, тигээйи саҥатыттан көстүүмүгэр, атрибутугар тиийэ барытын дьүһүйэн көрдөрүүнү бэркэ таппыттар диэн сонун туруорууну сэҥээрдибит. Испэктээккэ хата мин Тааттаттан «Олоҥхо Суолунан Айан» түмсүү салайааччыта А.М. Егасовалыын үөрэ көрсөн бииргэ олорон көрдүбүт. Уобсай хаартыскаҕа да түһүстубут. Киэһээҥҥи тэрээһиммит аны Арчы Дьиэтигэр олоҥхо тутулунан бэриллибит теманы арыйан, уобарастары тута хоһуйууга күөн күрэс буолла. Маннык күрэстэр олоҥхо ыһыаҕар киирэр эбиттэр. Дьэ манна, ким ордук элбэх олоҥхону аахпыт, толорбут, ис кыаҕын билинэр олоҥхону толорооччулар, киһи сөҕүөх чочумча бэйэлэригэр иһийэн, иһиллэнэн төбөлөрүгэр эргитэ оҥорон көрөн айан таһааран толкуйдуу түһээт хоһуйбут түмүктэринэн, дьүүллүүр сүбэ көҕүлээн, кыайыылаахтар уу харчынан биһирэннилэр, көрөөччүлэр уруйдаан эҕэрдэлээтилэр.
Дьэ диэ, ол кэннэ аны, саха өбүгэ сиэринэн сэһэн-тэппэн кэмэ , көмүлүөк оһоххо мас умайан тыһыргыыр тыаһынан доҕуһуолланан, аа дьуо өрөөбүт уос өһүллэн, киэҥ далааһыннаах дириҥ өйдөбүллээх саха олоҕуттан кыһарыйар кыһалҕаларын ырытыһан, бары мустубут араас идэлээх дуоһунастаах көрөөччүлэр кыттыһан, кэпсээн тимэҕэ сөллөн, төлөрүйэн, ийэ тылбыт сүппэтин туһугар тугу тобулуохтаахпытыттан ылан, чараас эйгэ илдьиттэригэр тиийэн, олоҥхолоох итэҕэлбитин тула көтөн, санаа атастаһан, түүн үөһэ 12 аҥаарга: «Сарсын эмиэ үлэбит салҕанар«- диэн түмүктээн түспүт сирдэрбитинэн тарҕаһан уоскуйдубут.
Иккис күнүгэр Кэбээйигэ ыытыллыахтаах Олоҥхо Ыһыаҕын бэлэмнэниигэ, ДПИ өттүгэр үлэлэһэр Саргылаана Саввична Адамовалыын болдьоһон көрсөммүт кэпсэттибит, кини элбэх олоҥхо ыһыахтарыгар үлэлэспит уопутуттан бэйэтин көрүүлэрин үллэстэн кэккэ сүбэ-ама биэрбитэ .
Ол кэннэ төгүрүк остуоллар үс сиринэн ыһыах концепцията, туризм уонна ийэ тылы харыстааһын үлэтин туруга диэн темаларынан ыытылыннылар. Кэбээйиттэн кыргыттарым ыһыах төгүрүк остуолугар сырыттылар, мин билиҥҥи кэм сахатын долгутар Ийэ тыл харыстааһыныгар үлэлиир дьон, тыл этиилэрин, олус сэҥээрэн истэ олорон хомойуох иһин ситэри сылдьан түмүктээһиҥҥэ резолюция ылыллыахтааҕын көрбөккөбүн, оптуобустаах аргыстарбыт ыксатаннар, делегациянан бэрт түргэнник хомунан, айаннаан куораттаатыбыт. Алгыстаах Аммаҕа аны сайыҥҥы Олоҥхо Ыһыаҕар көрсүөххэ диэри дэһэн тарҕастыбыт. Икки күннээх конференцияттан сонуннаатым.
СӨ норуот маастара Е.К. Софронеева ИлИиһэ Санаайа.