Айымньылаах үлэбит — нэһилиэкпит сайдыытын туһугар

Кэбээйигэ «Ийэлэр күннэрин» декадата төһө да аастар, анааран ырытан көрдөххө Культура сайдыытын киинигэр биир күн үс улахан тэрээһин олус дириҥ ис хоһоонноох, киэҥ программанан ыытыллан ааспыта.

Таастаах Дьааҥыттан социальнай эйгэҕэ 32 сыл устата үлэлээн «Социальнай сулууспа туйгуна» буолбут, «Гражданскай килбиэн бэлиэ» хаһаайката — Клавдия Христофоровна Попова уонна Хайа СахатаЛэгэнтэй ийэтэ Марина Христофоровна Васильева, биир төрүттээх аймах балтыларым буоланнар, ыҥырыыбын быһа гыммакка ылынаннар, дьикти хаһан да буолбатах, Улуу Добдурҕа —  суол туран айан саҕаланар кэмигэр, арай сайыҥҥылыы этиҥнээх курулаччы ардах түһэн ириэрэн, суол алдьанан да ылла. Хаайтарыахпыт диэн кутталланан аккаастана сыспыттарын, хата халлаан халлан тоҥорон массыыналар айаннааннар, бырааппыт Нь.Е. Дьяконов балтыларбын олус үчүгэйдик, сымнаҕастык, уһун суолга чуҥкуппакка кэпсээн-ипсээн Кэбээйитин сырдатан, суолларын билбэккэ кэлбиттэрин сахалыы балаҕаммар көрсөн, хоннорон сарсыныгар сарсыардаттан КСК-ҕа тиийбиппит сып сырдык уораҕай киэҥ саалыгар остуоллары төгүрүктүү туруоран кэккэлэтэн бэлэмнээбиттэр эбит. Дьэ манна бары даҕаны общественниктар, нэһилиэкпит түмсүүлэрин салайааччылара, көхтөөх дьахталлар нэһилиэкпит социальнай эйгэтин кыһалҕаларын туһунан сэргэх кэпсэтиини ыраахтан ыалдьыппыт Клавдия Христофоровна уустаан ураннаан бэйэтин уонна дьиэ кэргэнин билиһиннэрииттэн саҕалаан болҕомтону тарта .

Чөл туруктаах олох пропагандиһа буолан бэйэтин дойдутугар иилээн-саҕалаан ыытар үлэлэрин биир биир улахан экраҥҥа көрдөрөн сырдатан, уус-уран тылы кыбытан сиһилии кэпсээбитин олус сэргэхтик иһиттибит, сэҥээрэн ылынныбыт. Клавдия Христофоровна собус-соҕотоҕун, «Дьүөгэ» түмсүү тэринэн, кэлин кэҥээн бизнес инкубатор, онтон Автономнай Некоммерческай Организация буола үүнэн дойдутун дьонугар, бөҕө тирэх, дурда-хахха буолар эбит. Үлэтин ис хоһоонунан далааһына, үтүө дьайыыта, уустук дьылҕалаах дьоҥҥо тустаах көмөлөрү бириэмэтигэр оҥороро, дьон-сэргэ ытыктабылын ылыан ылбыт. Ол өр сыллаах үлэтин уопутун үллэһиннэ.

Биһиги бары сөхпүппүт диэн, ити 32 сыл социальнай эйгэҕэ үлэлиир кэмигэр, Дьааҥы улууһун Таастаах 1000 нэһилиэнньэлээх бөһүөлэк дьаһалтатыгар — 4 социальнай үлэһит штатын тутан олороро! Кини этэринэн: “Биир да оклады сүтэрбэтэх киһи диэн, мин отчуокка улахан болҕомтобун ууран үлэлиибин.

Тоҕо диэтэр, отчуоту ыыппат нэһилиэктэргэ штаты сарбыйаллар» диэн тоһоҕолоон быһаарда. Онно тэҥнээтэххэ биһиги 3000 чугаһыыр нэһилиэнньэлээх бөһүөлэкпитигэр баара суоҕа 2 специалист үлэлиир. Бу маннык уопут атастаһыылаах тэрээһин буоларын эрдэттэн сэрэтиллибитин үрдүнэн биһиги ол социальнай үлэһиттэрбит санааларын атастаһа, сүбэ-ама ыла бачча бэйэлэринэн айаннаан кэлбит дьону көрсө кэлиэхтэрэ диэн кэтэспиппит да, субуота буолан уһуйааннар үлэлээбэккэлэр оҕолорун хаалларар сирдэрэ суох буолан кэлбэтэхтэрэ хомолтолоох.

Бу күн иккис күндү ыалдьыппыт, Марина Христофоровна Васильева — Лэгэнтэй ийэтэ, бэйэтин эбэтин, норуот талааннаах ырыаһыта тойуксута Кустууй Маарыйаттан уһуйуллубут дьикти ньымаларын мурун, таҥалай  ырыаларын ыллаан, дьааҥылыы туойан, улуу убайдарбыт хоһооннорун иэйэн куойан ааҕан, бэйэтин айбыт мелодиялаах ырыаларын ыллаан биһиэхэ «Таастаах Дьааҥыттан Эҕэрдэ айар киэһэтэ талба талаанынан сөхтөрөн күндү бэлэх буолбута. Сарсыардааҥҥы тэрээһиммитигэр дьааҥылар эмиэ биһиги өттүбүтүттэн харда социальнай эйгэбитигэр туох тэрээһиннээх үлэ барарын истиэхтэрин дойдуларыгар дьонноругар кэпсээри санаа атастаһыытыгар Төгүрүк остуол тула олорон түмсүүлэр санаа атастаһыыта буолбута. Онно мин «Күбэйэ» түмсүүм туһунан маннык сырдаппытым.

Кэбээйибит олохтоох дьаһалтатын женсовет председателя Варвара Петровна Протопопова мындыр көрүүтүнэн, сахалыы толкуйунан тобулан олохпут тосту уларыйбыт кэмигэр бөһүөлэкпит общественнай олоҕун сэргэхситээри, бэйэтин үлэтигэр көмөлөһүннэрээри отуттан тахса сыллааҕыта тэҥҥэ аҕалар уонна эбээлэр түмсүүлэрин тэрийбит улахан үтүөлээҕин ахтан махтаммытым. Ол курдук, тэриллиэҕиттэн«Күбэйэ» эбэлэр түмсүүбүт Е.П. Дьяконова, М.Н. Левина салалталарынан олус элбэх хайысханан үлэ ыытара. Кэлин саҕалаабыт дьоммут сааһыраннар тохтооннор, М.С. Максимова салайааччылаах«Күбэйэ» ансаамбыл эрэ хаалбыта.

Ол да буоллар, маннык общественнай түмсүүлэр сүтүө, тохтуо суохтаахтар диэн санааттан, былырыын кэккэбитигэр эдэрчи эбэлэри эбии ыҥыраммыт, киллэрэн эстафетаны туттарбыппыт. Билигин «Күбэйэлэр» икки  хайысхалаахпыт: бастакыта, дойдубутуттан тахсыбыт ырыа айааччылары пропагандалыырга патриотическай ырыалары толорор музыкальнай салайааччы М.С. Максимова, Т.И. Винокурова доҕуһуоллаах «Күбэйэ» ансамбль үлэлиир. «Күбэйэлэр» иккис сүрүн сыалбытынан-сорукпутунан буолар өбүгэбит  үгэстэрин сөргүтүү, ыччакка тиэрдии, саха тыла сүппэтин, төрүт культурабытын сайыннарыыга бэйэбит кыахпытынан көмөлөһүү.

Түгэнинэн ахтан аастахха «Күбэйэ» эбэлэр түмсүүбүт нэһилиэкпитигэр чөл, чэгиэн олох пропагандалаан, өбүгэ үгэстэрин сөргүтүүгэ сиэри-туому билиигэ С.Н. ТимофеевЫллык салайыытынан ыһыах сиэригэр-туомугар кыттарбыт. Айылҕаҕа тахсан саас аайы дэлбиргэ салама ыйаан, эбэлэр иччилэрин аһатан сиэр-туом оҥорорбут, олохтоох култуура үлэһиттэрэ кэргэннии Анатолий, Ефросинья Кириллиннэр НВК филиала Кэбээйи Көрдөрөр  телестудиятыгар«Дьүөгэ» диэн биэриилээх этибит. Арааслекциялары, туһалаах сүбэлэри биэрэрбит, бырааһынньыктарынан эҕэрдэлэри, нэһилиэкпитигэр оҕо иитиитигэр кыттарбыт, оскуолаҕа төрөппүттэргэ сахалыы өбүгэбит сылаас хаттык таҥастарын тигэн оҕолорго кэтэрдэн көрдөрөр этибит. Араас таһымнаах выставкаларга кыттарбыт. Сахалыы таҥаһы 1991 с. Е. Жирков национальнай концепцията олоххо киириэҕиттэн сахалыы таҥаһы тиктэн кэтэн «Күбэйэлэр» сылга хаста даҕаны пропагандалыырбыт.

Олохтоох түмэлгэ Түмэппий балаҕана арылларыгар ат симэҕин тигэн бэлэхтээбиппит.

Былырыын күһүн биһиги түмсүүбүт 30 сыллаах үбүлүөйбүтүн үрдүк күүрүүлээхтик  саҥа чилиэттэрбитин кытта бэлиэтээн турабыт. Дьоммут-сэргэбит эҕэрдэлээн, айар киэһэбитин тэрийбиппит.

Ити үбүлүөйбүт таһынан «Күбэйэ» түмсүүбүт «Өбүгэ үгэһин сөргүтүү» биир сүрүн сыалбыт-сорукпут буоларынан маннык тэрээһиннэри тэрийбиппит:

1. Былырыын күһүн сахалыы саҥабыт харысхалыгар, ийэ тыл сүппэтин туһугар, сахалыы тыыннаах эйгэҕэсахалыы балаҕаммар, олохтоох орто оскуолабыт алын кылаастарыттан саҕалаан 10 кылаастарга диэри кыттыылаах, саха тылын уонна литературатын кафедратын кытта нэһилиэкпит ийэлэрин, эбээлэрин түмсүүлэрэ бары холбоон республиканскай духовнай киин  Арчы Дьиэтин тэрийбит «Алампа саҥарар» диэн ааҕыыларын тэрийэн ыыппыппыт. Тэрээһиҥҥэ Алампа айбыт хоһоонноругар, ырыаларыгар күөн күрэскэ барыта 64 оҕо кыттаннар анал бириистэринэн,  номинацияларынан, грамотанан биһирэммиттэрэ .

2.Хомус күнүгэр олохтоох уус СӨ НоруотМаастарын А.С. Киренскайы кытта холбоон«Хомус уонна Хоһоон» диэн хомус хаһан хайдахайыллыбытын туһунан уус умсугутуулаахкэпсээнинэн уонна хомоҕой хоһоонньут далбархотуттар хомуһу уустаан-ураннаан хоһуйуугабиһирэбиллээх күөн күрэс тэрийбиппит.

3. Улууспут културатын салаатын уонна балаҕаным проегынан өбүгэбит төрүт культурабыт чыпчаала — олоҥхону сөргүтүүгэ холонон, Тааттаттан «Олоҥхо суолунан айан» бөлөх 4 олоҥхоһуттарын ыҥыраммын, сэттэ күннээх улууснай «Олоҥхо дьоро күннэрин» олунньу 13 күнүгэрИйэ тыл күнүгэр тэрийбиппит. «Күбэйэ» эбээлэрим уонна«Сайдам» норуот айымньытын дьиэтигэр үлэлиир эдэр ыччат, улуус нэһилиэктэрин культура үлэһиттэринээн холбоон улууспут улуу олоҥхоһута Кырса Сөдүөт «Биэ Уола Бэйбэлдьин Тулаайах» олоҥхотун бөлөҕүнэн толорон холонон көрбүппүт. Ыалдьыттарбыт олус астынан барбыттара. Билигин да таатталары кытта ситими тутабын.  Быйыл улууспут култуурата өйүүр түгэнигэр, өссө кэлэн чиҥэтэн туруоруохпут этэ диэн баҕалаахтарИти курдук,Күбэйэлэр» айымньылаахтык үлэлии-хамсыы олоробут.

Бу Дьааҥыттан ыалдьыттаах тэрээһини тэрийсиигэ кыттыспыт олохтоох дьаһалта депутааттарын председателэ, «Сандаара» түмсүү салайааччыта К.А. Тереховаҕа уонна бу тэрээһини салайан ыыппыт Культура сайдыытын киинин дириэктэригэр Л.С. Семёноваҕа, олохтоох оскуола соцпедагога И.В. Винокуроваҕа, чөл олох пропагандиһа, терапевт врач Л.П. Стручковаҕа, учууталлар учууталлара, кырдьаҕас ветеран, ытык эдьиийбитигэр Д.С. Кокорева ыллыктаах сүбэҕэр уонна бары түмсүүлэр көхтөөх общественниктарыгар, бу дьоро күнү бииргэ буолан атааран, төгүрүк остуолга этиллибит, Кэбээйибитигэр баар түмсүүлэр, төһө да тус туһунан  ураты  хамсааһыннарбытын  бииргэ түмэр биир сыалланан нэһилиэкпит  сайдыытыгар биир сүрүннээх үлэлиэҕиҥ диэн  уопсай биир түмүк санааҕа кэлэммит тарҕаспыппытыгар үөрэбит уонна дириҥ махталбын тиэрдэбин .

«Күбэйэ», «Оһуор тойуга» түмсүүлэр салайаачыта, Кэбээйи нэһилиэгин уонна Кэбээйи улууһун бочуоттаах олохтооҕо, СӨ культуратын туйгуна, СӨ норуотун маастара Елизавета Софронеева Ил Ииһэ Санаайа.

Кэбээйи нэһилиэгэр таастаах Дьааҥыттан ыалдьыттары көрүстүлэр — сиһилии https://дабаан.рф/kebeeji-nehilieger-taastaah-daanyttan-yaldyttary-kerystyler/