Аҕа — дьиэ кэргэн туллар тутааҕа

Сииттэбит нэһилиэгэр Россияҕа Аҕалар күннэригэр аналлаах тэрээһин буолан ааста. Тэрээһиҥҥэ барыта 12 аҕа кэлэн көхтөөх кыттыыны ыллылар. Тыа ыалыгар бары билэрбит курдук күһүҥҥү кэмнэр саамай быһаарыылаах дьыллар — кэмнэр буолалларынан, сорох ыҥырыылаах аҕаларбыт сүөһүлэрин көрдүү бараннар, кыайан кыттыыны ылбакка хааллылар.

Көхтөөх аҕаларбытыгар култуура үлэһиттэриттэн улахан махтал тылларын тиэрдэбит, инникитин ыытыллар бары тэрээһиннэргэ кыттыыны ылыаххыт диэн эрэнэбит. Бырааһынньыкпыт үөрүүлээх арыллыытын Россия Аҕаларын күнүнэн эҕэрдэ тыл бастыҥын тиэриэртэ олохтоох дьаһалта баһылыга Семен Тимофеев. Аҕаларбытыгар анаан минньигэс астаах остуол тардылынна.  Ханнык баҕар тэрээһин биэтэк былдьаһар күрэхтээх буоллаҕына, эр дьон астына сынньанарын бэккэ диэн билэбит. Аҕаларбыт барахсаттар мындыр толкуйдаах, дириҥ өйдөөх буолалларын бу күрэххэ өссө төгүл дакаастаатылар. Кинилэргэ анаан «Толкуйдаа. Оонньоо.Кыай.» күрэх ыытылынна. Манна араас теманы барытын хабан, сүүрбэ боппуруоска олус сөптөөх эппиэттэри хоруйдаан Иннокентий Охлопков хамаандата кыайыылаах тахсаннар, кыһыл көмүс мэдээллэри түөстэригэр кэттилэр. Иккис Роман Попов хамаандата биир очконнан хаалан үрүҥ көмүс мэдээллэринэн наҕараадаланнылар. Саамай тыҥааһыннаах киирсииннэн буспут собону ким саамай ыраастык сииригэр, хоргуннаах миинин иһэ охсоругар сытыы киирсии буолла. Бу күрэхпитигэр дьиҥнээх «Кэбээйи уола» буоларын туоһулаата, ыччат лидера Федор Петров, кыайыы өрөгөйүн биллэ.

Ити курдук убаастыыр, ытыктыыр аҕаларбытынан өрүү киэн туттабыт, холобур оҥостобут. Доруобай, дьоллоох, ситиһиилээх буолун диэн алгыс тыл маанытын анаатыбыт, эҕэрдэ тыл эрииэккэһин эттибит. Бүгүҥҥү күн бочуоттаах судьуйаларыгар Семен Тимофеевка, Петр Степановка дириҥ махталбытын тиэрдэбит. Тэрээһиммит аҕаларга аналлаах гимн хоһоонунан түмүктэннэ. Астынан — дуоһуйан, махтанан тарҕастылар.

Марианна Сивцева