Сииттэбит нэһилиэгэр Вера, Николай Павловтар дьиэ кэргэттэрэ бииргэ олорбуттара 60 сыллаах өрөгөйдөөх үбүлүөйдэрэ буолан ааста. Вера Григорьевна тапталлаах ийэтэ Новгородова Мария Харлампьевна 1944 сыллаахха биир кыыс оҕолоох Кэбээйи оройуонугар Сииттэ сиригэр, кыһын сэтинньи ыйга Чурапчы көһөрүллүүтүгэр хапсан кэлбитэ. Ол кэлээт Сииттэ үтүө санаалаах, аһыныгас сүрэхтээх дьонноро, оҕолоох кыыһы таба көрөннөр, түөрт кылаастаах оскуолаҕа остуораһынан үлэҕэ ыланнар үлэ үөһүгэр түспүтэ.
Бу ыарахан сылларга көскө кэлэн, Сииттэбит сиригэр Вера Григорьевна ийэтэ, аналын көрсөн, Григорий Новгородовтыын ыал буолан олохторун оҥостон, Вера, Надежда Новгородовалар диэн үчүгэйкээн кыргыттар күн сирин көрбүттэрэ. Тыа оҕолоро буолалларын быһыытынан эмиэ атын оҕолор курдук дьоннорун батыһан, көмөлөспүтэ буолан күннэрин — ыйдарын бараан улааппыттара. «Дьоммут бу баччаҕа кэлэр быабытыгар балыктаан, сир астаан, кустаан — хастаан күн — түүн түбүгүрбүттэрэ, кэлбиттэрэ -барбыттара элбэх буоллаҕа», — диэн ахтар Вера Павлова.
Улахан кыыс буоларын быһыытынан Вера Григорьевна дьиэтигэр — уотугар көмөлөһөн, үлэ үөһүгэр күргүөмнээхтик ылсан, Сииттэтээҕи отделенияҕа ыанньыксытынан үлэтин саҕалаабыта. Кини олоҕун холоонноох доҕоро, 1962 сыллаахха Павлов Николай Дмитриевич, Чагда бөһүөлэгиттэн, комсомольскай путевканнан ананан, Сииттэ отделениятыгар бороон көрөөччүнэн үлэлии кэлэр.
Кинилэр көрсө түһээт сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, харахтарынан хайҕаһан, ыал буолан, 1964 сыллаахха бастакы кэрэ сибэкки курдук кыыс оҕоннон айыыһыттара бэлэх ууммута. Барыта аҕыс оҕону төрөтөн, киһи — хара оҥортоон, бу орто дойдуга, икки атахтаахха мантан ордук дьол суох дии саныыгын. Билигин үүнэр, үтүө күммүт, көмүс сиэннэр, хос сиэннэр мичээрдэринэн саҕаланар диэн үөрэ — көтө үөрүүлэрин үллэстэллэр Вера, Николай Павловтар.
Олох олорбуттарын тухары төрөппүт оҕолорун таһынан, Кривошапкина Екатерина Григорьевна, ыарахан ыарыыттан өлбүт эдьиийин биэс оҕотун детдомҥа ыыппакка, бэйэлэригэр хаалларан, ийэлэрин суохтаппат гына, баалларынан — суохтарынан маанылаан ииппиттэрэ. Ииппит оҕолоро билигин бары оҕо — уруу, сиэн бөҕө буолан, ийэ — аҕа, эһээ, эбээ буолан олороллор. Вера, Николай Павловтар аҕыс оҕону төрөтөн, биэс тулаайах оҕону иитэн, 19 сиэннэнэн, 24 хос сиэннэн олорор дьоллоох ыалларынан билинэбит. Оҕолор бары этэҥҥэ үөрэхтэнэн, быр бааччы республика араас муннуктарыгар олороллор, үлэлииллэр — хамсыыллар.
Вера, Николай Павловтар сүөһү — ас, сылгы көрөн — истэн олорор, эдэрдэргэ холобур эрэ буолар убаастанар ыаллар. Сайынын дьиэ хаһаайката тиэргэнин таһа киһи эрэ сөҕөр, кустук араас өҥүнэн ыһыахтанар, киһи хараҕын араарбат сибэкки эгэлгэтин үүннэрэр, ону кытта өлгөм үүнээйитэ киһи сөҕөр гына үүнэрэ көрөргө үчүгэйиэн.
Николай Дмитриевич күн бүгүнүгэр дылы ат үрдүттэн түспэт нэһилиэкпит саамай ытык кырдьаҕаһа буолар. Хотонугар уу баһан, баанньыгар мас бэлэмнээн, ханнык да сорох эдэр дьонтон киһи чорбото бэлиэтиир.
Убаастыыр, аҕам саастаах күндү дьоммутун, бииргэ олорбуттара 60 сыллаах өрөгөйдөөх үбүлүөйдэринэн, баһылык солбуйааччыта Николай Докторов улуус улуус баһылыгын Иван Левин аатыттан эҕэрдэ сурук уонна Кэбээйи улууһун сайдыытыгар үтүөлэрин иһин диэн знактары Вера, Николай Павловтарга үөрүүлээх быһыыга — майгыга туттарда. Олохтоох дьаһалта баһылыга Семен Тимофеев, анал суруктаах, улахан моҕол чороону кытта истиҥ тыллардаах эҕэрдэ сурук туттаран улахан болҕомто оҥордо. Олохтоох нэһилиэгин түөлбэлээн олорор дьоно — сэргэтэ эмиэ убаастыыр, ытыктыыр дьонноругар эҕэрдэ сурук уонна аныгы үйэлээх иһит наборун туттаран, Павловтар дьиэ кэргэттэрэ олус долгуйдулар, үөрдүлэр, ис сүрэхтэн махтаннылар.
Ити курдук, Сииттэбит ытык кырдьаҕастарын ытыктаан, убаастаан, сандалы остуол тула ыҥырыылаах ыалдьыттар мустаннар, көрү көҕүлүттэн тутан, алгыс тыл сүмэтин, эҕэрдэ тыл эриэккэһин этэн, бэлэх бастыҥын туттаран, астынан — дуоһуйан тарҕастылар. Күндү дьоммут дьоллоох — соргулаах буолун диэн баҕа санаа бастыҥын тиэрдэбит.
Марианна Сивцева.