Сииттэҕэ оскуола оҕолорун кэнсиэрэ тэрилиннэ

Нэһилиэкпитигэр Сииттэ орто оскуолатын үөрэнээччилэрин күүһүнэн тэриллибит бэртээхэй кэнсиэри көрөн олус астынан олоробут. Тэрээһиммит ис хоһооно улахан, ол курдук,  Сииттэбит орто оскуолата В.Е. Колмогоров аатын дөкүмүөнүнэн сүкпүтэ 20 сыллаах үбүлүөйүн чэрчитинэн тэрээһин ыытылынна.

Оҕолорбут сонун ырыаларын, үҥкүүлэрин, хоһооннорун олус бэрткэ толордулар. Тэрээһиҥҥэ оскуола ис үлэтин толору кэпсиир, үөрэнээччилэр үлэлэринэн быыстапка тэрилиннэ. Оскуола сүрүн үлэлэрин, ситиһиилэрин опыттаах, өр сылларга үтүө суобастаахтык оҕолору иитиигэ бары сыраларын ууран туран үлэлээбит учууталларбыт Анна Сивцева, Ольга Левина быыстапканы көрөөччүлэргэ билиһиннэрдилэр.

Кэнсиэрт үөрүүлээх аһыллыытын Сииттэ орто оскуолатын дириэктэрэ Андрей Новгородов эҕэрдэ доклаатынан арыйда. Анна Сивцева краевед быһыытынан бэлэмнээбит оскуола историятын барытын толору кэпсиир композициятын оҕолорбут олус болҕомтолоохтук, дуоспуруннаахтык туттан туран, биир да сиргэ буккуллубакка аахпыттара улахан бэлэмнэнии барбытын туоһулуур. Агафья Дьяконова салайар 4 кылааһын үөрэнээччилэрэ, кэнсиэри бэртээхэйдик киэргэттилэр диэтэхпинэ сыыспат буолуохтаахпын, ырыаларын наһаа үчүгэйдик толордулар, таҥастарыгар тиийэ кылаас салайааччыта үлэлэспитэ көстөр. Римма Винокурова ахсыс кылаастара улуус, нэһилиэк биир көхтөөх, опыттаах кыттааччыларынан номнуо буолбуттара биллэр. Анастасия Сидорова кылааһын уолаттарыгар сахалыы тыын иҥэрэн, фольклор салаатын талбыта көрөргө үчүгэйин. Сардана Гуляева, Людмила Попова үҥкүү куруһуогун салайан кырачааннарбытыгар үҥкүүлэри туруорбуттара олус сэргэхситтэ бырааьынньыктааҕы тэрээһини. Махтаныа этибит төрөппүттэр ааттарыттан, ырыа уруогун учууталыгар Людмила  Поповаҕа. Үлэлээбитин тухары оҕолорго ырыа — тойук алыбын иҥэрэн, бары ыытыллар тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кытыннарар, биир нэһилиэкпит убаастанар киһитэ буолар. Бары кылаас салайааччыларыгар, тэрээһини сэргэхтик тэрийбит учууталларбытыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит. Улахан махтал тылларын тиэрдиэм этэ төрөппүттэргэ, оҕолорун таҥастарын — саптарын атыылаһан, тигэн, бырааһынньыктааҕы тортарын бэлэмнээн, өрүү болҕомто ууран күүс — көмө буоларгытыгар. Инникитин Сииттэҕит чэчирии сайдарын туһугар өссө улахан болҕомто ууруоххут диэн эрэнэбит.

Өссе төгүл оскуолабыт коллективыгар улахан эҕэрдэбитин тиэрдэбит, үлэҕит таһаарыылаах, үчүгэй түмүктээх, ситиһиилээх үөрэнээччилэрдээх буолуҥ диэн алгыс маанытын тиэрдэбит.

Марианна Сивцева.