Санкт —Петербурга олунньу 29 күнүттэн кулун тутар 4 күнүгэр дылы улуу нуучча путушественнига, географ, натуралист Николай Михайлович Пржевальскай 185 сааһыгар аналлаах бүтүн Россиятааҕы “Наша планета” диэн экологическай слет буолан ааста.
Тэрийээччилэр: «Петербургское образование» регионнар ыккардыларынааҕы многопрофильнай киин, «Образование без границ» Санкт-Петербургтааҕы регионнар ыккардыларынааҕы киин, Нуучча географическай уопсастыбата, Санкт-Петербургтааҕы Арктика дьыалатыгар кэмитиэтэ.
Тэрийэр кэмитиэт председателлэрэ: Наталья Полупанова — «Петербургское образование» регионнар ыккардыларынааҕы многопрофильнай киин дириэктэрэ, Артур Чилингаров — Сэбисэкэй Сойуус геройа, Полярниктар ассоциацияларын бэрэсэдьиэнэ, Нуучча географическай уопсастыбатын бастакы вице-бэрэсэдьиэнэ, Широков Герман Германович, Санкт-Петербургтааҕы Арктика дьыалатыгар кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ.
Биһиги оскуолаттан география учуутала Клавдия Татаринова салайааччылаах 8 үөрэнээччи географо-экологическай хайысхалаах слекка ситиһиилээхтик кыттан кэллилэр. Павлова София — 5 кыл., Эверстов Арылхан — 6 кыл., Ноговицына Ньургууна — 6 кыл., Захарова Венера — 7 кыл., Ноговицына Лилия — 7 кыл., Эверстова Вероника— 9 кыл., Ноговицын Аполлон — 11 кыл., Павлов Алексей — 11 кыл.
Манна Московскай, Мурманскай, Свердловскай уобаластартан, Красноярскай, Приморскай, Забайкальскай кыраайтартан, Ямало-Ненецкай, Ханты- Мансийскай автономнай округтартан уонна биһиги Саха сириттэн кытынныбыт.
Слекка араас түһүмэхтэринэн куонкурстарга бэлэмнэнэн тиийбиппит: «Визитная карточка команды», «Защита исследовательских проектов по экологии, изучению природы, знаменитым русским путешественникам, исследованиям и открытиям в Арктике и вопросам экологии своего родного края», «Спортивное соревнование ГТО», «Олимпиада школьников «Земля наш общий дом», «Экологический брейн-ринг «Дикая природа России», «Соревнование по скоростной сборке спилс-карты России».
Бу алта күрэх түмүгүнэн хамаанданан зачетка 3 миэстэни ылары ситистибит.
Биирдиилээн күрэхтэргэ — Визиткаҕа — 3 миэстэ, брейн-ринг (Павлов Алексей,Эверстова Вероника, Захарова Венера, Ноговицына Лилия, Эверстов Арылхан) — 3 миэстэ.
Бырайыак көмүскээһинигэр: Павлова София — 2 миэстэ, Ноговицына Ньургууна — 2 м., Ноговицын Аполлон — 2 м. уонна «За усердно проявленный по сохранению памяти своего рода» диэн номинацияҕа Захарова Венера — 3 м., Вероника Эверстова «За важное природоохранное исследование» номинацияны ылла.
Араас предметтэринэн олимпиадаҕа 7-с кылаас үөрэнээччилэрэ Захарова Венера гуманитарнай уонна Ноговицына Лилия естественнай хайысхаҕа 3 миэстэни ыллылар.
ГТО нормативын туттарыытыгар саамай үрдүк көрдөрүүнү биһиги уолаттарбыт 11-с кылаас үөрэнээччилэрэ Ноговицын Аполлон, Павлов Алексей ыллылар.
Маны таһынан араас тэрээһиннэр, экскурсиялар буоллулар. Онно барытыгар көхтөөх кыттыыны ыллыбыт.
Н.М. Пржевальскай памятнигар сибэкки уурдубут.
«Санкт- Петербург-город- герой Ленинград”- диэн Санкт- Петербург кэрэ миэстэлэринэн экскурсия буолла.
Санк-Петербургтааҕы С.О. Макаров аатынан муора уонна флот государственнай университетыгар, гидрометеорологическай университетка экскурсиялар уонна профориентационнай көрсүһүүлэр буоллулар. Оҕолорго анаан мастер-класс «Метеорология для школьников» оҥордулар.
Учууталларга «Общие вопросы подготовки школьников к поступлению и обучению в вузах страны» диэн семинар ыытыланна.
Эрмитажка, зоологическай музейга, музей антропологии и этнографии (Кунсткамера) сырыттыбыт. Санкт- Петербургтааҕы на Фонтанке государственнай циркаҕа представление көрдүбүт. Н.М. Пржевальскай экспедициятын уонна Арктиканы арыйыы туһунан киинэни сэргээн көрдүбүт.
Оҕолор араас регионнар оҕолорун кытта билсистилэр, доҕордостулар.
Клавдия Татаринова, география учуутала, хамаанда салайааччыта.