Сииттэбит барахсан кэрэ айылҕатын, кыһыммыт кырыа хаарынан үллүктээн тиийэн кэлбитэ көрөргө эчи кэрэтиэн. Дойдубут дьоно-сэргэтэ уунньуктаах уһун кыһыҥҥа бэлэмнэнэн, кэлэллэрэ- бараллара сыыдамсыйан, үлэни-хамнаһы үмүрүтэр эппиэттээх күннэрэ саҕаланнылар. Дойдубут барахсаҥҥа, хаар балай да хойуутук түһэн, массыыналар сырыыларыгар, дьон сылдьарыгар улахан мэһэйдэри үөскэтэ сырытта. Хата бириэмэтигэр быһаарыы ылынан, олохтоох дьаһалта отваллаах тыраахтары таһааран, уулуссалары көрүөх бэтэрээ өттүгэр, барытын астаран, ыраастаан кэбистилэр.
Мантан сиэттэрэн эппиэтинэстээх кыһыҥҥы үлэлэрбит, түбүктэрбит саҕаланнылар диэн бэлиэтиибит. Маны тэҥэ быйыл сайын сиргэ барбыт сүөһүлэрбит кыайан бөһүөлэккэ кэлбэккэлэр, үүрэн аҕалыыга улахан субботник тэрилиннэ. Инники ыстатыйабар суруйбутум курдук, быстах эпирээссийэҕэ сылдьар оҕолордоох дьиэ кэргэттэргэ, кырдьаҕастарга, соҕотох олорор дьоммутугар, инбэлииттэргэ муус ылыыта, киллэриитэ үгэскэ кубулуйда. Ол курдук, олохтоох дьаһалтаҕа, эдэр ыччаттарга, муус таһааран дьиэлэрин айаҕар сүөкээн биэрбиттэригэр тустаах дьоммут, улахан махтал уонна алгыс тыл бастыҥын, ис сүрэхтэн тириэртилэр. Инникитин бу үтүө үгэс салҕанарын, үтүө көмө уостубатыгар баҕа санааларын тириэртилэр.
Ити курдук күннээҕи түбүгү көрө сылдьан, дьон-сэргэ олоҕор болҕомто ууран, олохтоох дьаһалтабыт үлэтэ өссө күүһүрүө, тэтимириэ, бар дьонун сүбэтинэн, өйөбүлүнэн диэн эрэнэбит, итэҕэйэбит.
Марианна Сивцева.