Хоҥи нярикан (Уол бэрдэ)

Бу сайын «Аймулдан» («Эйэ») оҕо сынньалаҥ лааҕыра 8-с №-дээх таба ыстаадатыгар «Хендэл» аҕыйах ахсаннаах көһө сылдьар общинатыгар 16 оҕо кэлэн сынньаннылар. От ыйын 8-с күнүгэр үөрүлээх аһыллыыта буолбута. Дьааҥы эбэ ырар баһыгар, муора таһымыттан 1050 миэтэрэ үрдүктээх сиргэ аатырыан аатырбыт, ырыаҕа, хоһооҥҥо чочуллан, хайҕаммыт Момия күөлүн үрдүгэр. Оҕо, оҕо курдук ууга чаламааттанан сөтүөлээн тахсыахтара диэбиппит, бу сырыыга куруук ардах, кыратык тобурахтаан да ылаттаата. Инньэ гынан биир моһуок өттө ол буолла. Дьэ, ол гынан баран, лааҕыр салайааччылара Алена Александровна Дорофеева, иитээччи Евдокия Иннокентьевна Бурцева киэҥ программалаан күрэхтэһии, оонньуу бөҕөтүн ыыттылар. Ол быыһыгар табаҕа эмиэ түүҥҥү манааһыннарга, күнүскүлээһиҥҥэ да сатыыр сатаабат син сырыттылар уонна дуоһуйуу бөҕөтүн дуоһуйдулар.

Биир табаһыт саамай түбүктээх үлэтигэр дьэ оҕолор баар буоланнар быйылгы саҥа төрөөбүт тугутчааннары ааҕыы буолла. Дьэ уонна таба ахсаанын кэннэ өрүү буоларын курдук уучаҕынан сырсыы буолар, кыралыын, улаханныын. Киэһэтин үөр таба бардаҕына мээчик тэбиэлээһинэ, лапталааһын саҕаланар. Инньэ гынан бу аҕыйах хоноорулар ыстаада олоҕун сэргэхситиэн сэргэхситтилэр. Бүтэһигин сезону сабардыы «Хоҥи нярикан» («Уол оҕото») диэн ааттаан Дыгын оонньууларын курдук саастарынан арааран тыҥааһыннаах күрэхтэһии буолла. Ол быыһыгар кыайтаран абарыы, ытааһыннаах эҥин. Саамай кыра кыттааччы 7 саастаах, улаханнара 14-ээх буолар. Дыгыҥҥа холобура сүрүн көрдөрүүнү ох ытааһына быһаарар эбит буоллаҕына манна маамыктаннан быраҕыы буолар уонна оттон сэрэбиэй элбэҕи уларытта да, быһаарда да.

Оҕолор оруолларыгар киирэн холобура мас тардыһыыга ибили илгиэлээннэр ыытааччыны бэрт элбэхтик күллэрэн сэниэтин эстилэр. Үс төгүл үс ыстаныыга 7-с кылаас үөрэнээччитэ былырыыҥҥы оонньуулар кыайылааҕа Антон

Бурцев улахаттарга иннин биэрбэтэ, иккис эмиэ 7-с кылаас үөрэнээччитэ Ньургун Шадрин, үсүһү Георгий Степанов ыллылар. Тутум эргиир, мас тардыһыы, сүүрүү, хапсаҕай уонна саамай тыҥааһыннаах кумахтаах куулу сүгүү буолла. Кыргыттар эмиэ «хайаан уолаттар эрэ күрэхтэһиэхтэрэй!» диэннэр эмиэ ыараханы сүгүүттэн атынын барытын күрэхтэһэн Надя Шадрина эрэллээхтик бастаата. Дьэ ол гынан маамыктатын сыыһа быраҕаттаан Надя улаханнык ыксыы сырытта, хата 100м сүүрүүгэ бастаан кыайыы өрөгөйүгэр үктэннэ. Кырачаанннар убайдарын, эдьиийдэрин үтүктэн дьэ тиистэрин хабырына, хабырына илин, кэлин түһүстүлэр. Эскэн Бурцев бастаан иһэн маамыктатын туппакка утарсааччытыгар, биир сылынан аҕа убайыгар Олег Афанасьевка икки очко биэрэн кыайтарыы абатын амсайда. Буолааччы. Күрэхтэһии диэн инник буоллаҕа. Уонна сэрэбиэйдэрэ элбэҕи быһааран ону дьэ эттэригэр, хааннарыгар иҥэриннилэр.

Кууллаах кумаҕы Олег күлэ, күлэ түһэ «өссө хаһы бардахпына кыайабын?» дии, дии барыларын хотуталаата. Бэл, 15 да киилэ син ыйааһын эбээт! Ону ол диэбэккэ 1 миэтэрэ 40 см хаамта. Дьэ маладьыас! Улааттахпытына Дыгыҥҥа кытта барыахпыт диэн саналаахтар өссө! Буолумуна. Син кинилэр да көрөр, истэр астынар күрэхтэһээччилээхтэр эбээт. Онон оҕолорбун сүргэлэрин көтөҕөөрү, эрэли инникигэ үөскэтээри, кыайылаахтарга биирдии таба оҕотун тугутунан бириис олохтооммун оҕолорбун үөртүм. Астыныы бөҕөтүн астыннылар «дьэ, бээ, эһиил дьарыктаныыһыбыт!» эҥин дэһэстилэр. Ити барыта истэргэ, көрөргө да астык. Күрэхтэһиини бэрт сэргэхтик убайдара Гаврил Бурцев иилээн, саҕалаан ыытта. Уонна оонньуу быраабылатын барытын тутуһуннаран бэрээдэккэ эрдэттэн үөрэтэлээтэ, такайда. Киэһээ өттүн лааҕыр эмиэ да хомолтолоох эмиэ да үөрүү курдук сабыллыытын кытта дьүөрэлээн, Эскэн Бурцев 9 сааһын туолбутун бэлиэтии, эҕэрдэлээн мааны остуол тардан ас астааччылар Оксана Ноговицына уонна Ольга Слепцова бэрэски, кэтэлиэт бөҕө буһаран ас эгэлгэтин тартылар.

Ыстаадабыт күөстүү оргуйар тыаһа чуумпуран оҕолорбут дьиэлээн сонньуттулар. Аны хаһан эһиил маннык кэлэн чугдааран, айдааран эмиэ үөрдүөхтэрэ турдаҕа. Аҕыйах да күн буолаллара син күүс эбинэн, сэниэ бөҕө буоллахтара…